вторник, 19 ноября 2019 г.

Иван Михайлович Гоголев – Кындыл – Саха норуотун улуу суруйааччыта 90 сааhа

         

         Саха норуотун улуу суруйааччыта тохсунньу 18 күнүгэр  тыыннааҕа буоллар 90 сааһын туолуо этэ. Үбүлүөйүнэн сибээстээн Бүлүүгэ төрөөбүт улууһугар араас тэрээһиннэр ыытылыннылар: ол курдук, Гоголевскай ааҕыылар, хоһоон уонна уруһуй күрэхтэрэ, НПК-ларга доклад суруйан кытыннылар, театрализованнай представлениялар, кини олоҕун, айымньыларын кэпсиир  библиотечнай уруоктар ыытылыннылар.
                Биһиги оскуолаҕа сылын аайы Гоголевскай ааҕыылар ыытыллаллар, ол иһин, Кындыл айымньыларын, хоьооннорун эдэр көлүөнэ ааҕарын уонна суруйааччы туһунан билэрин ситиһэбит. Кындыл туһунан  киэн тутта кэпсиибит. Быйыл, сэтинньи 13 күнүгэр,  Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр музей иһинэн тэриллибит  хоһоон ааҕыытын күрэҕэр биһиги оскуолаттан 75 оҕо ааҕыыга кытынна.  Бары да үчүгэйдик бэлэмнэнэн, ситиһиилээхтик аахтылар. Элбэх  эдэр ааҕааччыларбыт миэстэлэһэннэр, оҕолорбут ситиһиилэринэн үөрдүбүт, астынныбыт.
    «Ааппын ахтан ааһаарыҥ….» хоһоон аҕыытын күрэҕин кыайыылаахтарынан буоллулар:
                 1 Б кылаас үөрэнээччитэ  Иванова Мичийээнэ  2 степеннээх диплом. 2 Г кылаас үөрэнээччитэ Каратаева Иванна 3 степеннээх диплом, Васильев Сарыал уонна Васильева Иванна 3 б кылаас үөрэнээччилэрэ 2 степеннээх дипломунан, Охлопков Уйгун 4 б кылаас үөрэнээччитэ 1 степеннээх  дипломунан, Егорова Диана 4 б кылаас үөрэнээччитэ 3 степеннээх дипломунан наҕараадалыннылар.
               Бөлөҕүнэн ааҕыыга 1-2-с кылаастарга: 1 Б кылаас ааҕааччылара   2 степеннээх диплом, 2 Б кылаас үөрэнээччилэрэ 1 степеннээх дипломунан наҕараадаланнылар.
               Бөлөҕүнэн ааҕыыга 3-4-с кылаастарга: 3 А кылаастар 2 степеннээх дипломунан, «Айхал» 4 А кылаастар 3 степеннээх дипломунан наҕараадаланнылар.  Сылын аайы араас ааҕыы күрэхтэригэр кыттар буоланнар, үчүгэй талааннаах оҕолор сайдан, тупсан иһэллэрин бэлиэтии көрөбүт.
                 Кындыл айымньыларынан уруһуй күрэҕэр эмиэ көхтөөхтүк элбэх үлэни биэрдибит, музей выставкалыыр саалатыгар көрдөрүүгэ ыйаатылар. Ону таһынан, Чочу орто оскуолатын иһинэн тэриллибит ОВЗлаах оҕолорго уруһуй күрэҕэ ыытылынна, онно эмиэ ситиһиилээхтик кытынныбыт.
       Инникитин да эдэр ааҕааччыларбыт көхтөөхтүк, өссө да элбэх ситиһиилээхтик кыттыахтара диэн эрэллээхпит. Кылаас салайааччыларыгар уонна төрөппүттэргэ улахан махтал.
             
             
                  Оскуола педагог-библиотекара Айталина Анатольевна


Что нового