пятница, 25 февраля 2022 г.

Кинигэ - киһи доҕоро


 Саха тылын нэдиэлэтигэр ыытыллыбыт “Ааҕыы сылын ” чэрчитинэн “Кинигэ – киһи доҕоро” кылааһынан видео-открытка күрэҕэр киирбит үлэлэр. Тааһаҕар.

Саха норуодунай бэйиэтэ М.Е. Тимофеев хоһооннорун ааҕыыга күрэс балаһыанньата

 


скачать

понедельник, 14 февраля 2022 г.

Олунньу 14 күнэ - Аан дойдуга кинигэ бэлэхтиир күн.


“Оҕоҕо кинигэтэ бэлэхтээ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө санаа акциятыгар кыттыһан, оскуола үлэһиттэрэ хомуйбут кинигэлэрин элбэх оҕолоох ыалларга түҥэтилиннэ.
Н.Н. Каратаев аатынан Тааһаҕар орто оскуолатын библиотеката.

среда, 9 февраля 2022 г.

"Алыптаах хоппо" "Волшебный сундучок "

 

 

Ааҕыы сылын чэрчитинэн 1 кылаастарга "Волшебный рюкзачок" дьиэ кэргэнинэн ааҕыы бырайыага үлэтин саҕалаата. Пандемиянан сибээстээн балаһыанньатын арыый уларытан, оҕолор тус бэйэлэригэр кинигэлэри туттулар. Дьиэ кэргэнинэн бары ааҕыахтара, сорудахтары толоруохтара. Үөрэнэ кэллэхтэринэ Букубаардарын быраһаайдаһар бырааһынньыктарыгар түмүк тахсара былааннанар.

Н.Н. Каратаев аатынан Тааһаҕар орто оскуолатын библиотеката.

"Подари детям книгу"


 

Бүлүүтээҕи 1№ алын сүһүөх оскуолатын педагог-библиотекара Харлампьева А.А. "Подари детям книгу" акцияҕа ыҥырыы таһаарда.


План деятельности УМО Года чтения в сфере образования Республики Саха (Якутия)

 План УМО педагогов-библиотекарей





Что нового