Кырдьаҕас Бүлүүм куоратын килбэйэр киинигэр турар
үөрэх-билии кыһатыгар, Иван Лаврентьевич Кондаков аатынан Бүлүүтээҕи гимназияҕа төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн өрө
көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээтибит.
Үгүспүт билэрин курдук, Саха республикатын бастакы
президенин Михаил Ефимович Николаев 1996 сыл олунньу 9 күнүн ыйааҕынан олунньу
13 күнэ учуонай-лингвист Новгородов Семен Андреевич чиэһигэр олохтоммут саха
тылын уонна сурук-бичик күнүн бырааһынньыктыыбыт. Ол курдук, үтүө-мааны күнү сурукка тиһиллибит хоһоонунан, ылбаҕай ырыанан,
хомус дьүрүскэн дорҕоонунан киэн тутта дуоһуйдубут. Үөрэнээччилэр уонна
учууталлар сахалыы таҥнан-симэнэн киэргэттилэр үөрэнэр-үлэлиир иккис дьиэлэрин.
Маннык тэрээһиннэр иитэр-үөрэтэр оруоллара сүҥкэн.
Төрөөбүт тылбыт – олохпут суолтата. Саха тыла баар
буолан биһиги норуот быһыытынан тыыннаахпыт! “Киһи тыла – уот” диир өспүт
хоһооно. Ол иһин уоту сэрэнэн туттуохха. Үчүгэй тыл үтүөнү үксэтэр, кэрэни
үөскэтэр, онтон куһаҕаны, сидьиҥи кырдьыктаах тыл эрэ хотор. Ону хас биирдиибит
сайыннаран, күөдьүтэн иһиэхтээхпит. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр сүдү кылааты
энчирэппэккэ тиэрдиэхтээхпит. Ити – биһиги ытык иэспит!
Нюргуяна Иванова,
Бүлүүтээҕи гимназия педагог-библиотекара.
Нюргуяна,тылын,-еьун, учугэйин!
ОтветитьУдалить