понедельник, 24 апреля 2017 г.

Бүлүүтээ5и 1-кы №-дээх алын сүҺүөх оскуола библиотекатыттан сонуннар



Булуутээ5и 1-кы №-дээх алын суьуох оскуола5а Петр Николаевич Тобуруокап 100 сааьын корсо улуустаа5ы боло5унэн аа5ыы курэ5э ыытылынна.



           Биьиги оскуола5а  муус устар 15 кунугэр Петр Николаевич Тобуруокап 100 сааьын корсо бэлиэтиир, ахтан –санаан ааьар биир кэрэ-бэлиэ тэрээьин буолан ааста, ол курдук, быйыл 3-с сылын ыытыллар улуустаа5ы  боло5унэн  хоьоон аа5ыыта  ыытылынна.
           Курэх буолуон иннинэ, Саха народнай поэта, драматург, философ, учуутал, фронтовик айымньылаах оло5уттан быьа тардан кылгастык кэпсээн, ахтан аастыбыт. 
           Бу хоьоон аа5ыытын курэ5ин сыалынан-соругунан буолла: Саха сирин народнай поэта Петр Николаевич Тобуруокап  аатын уйэтитээри, кини айымньыларын кытта билсээри, аа5аары, истээри, бэйэбитигэр сананы арыйаары. Уопсайа 202  аа5ааччы кытынна, кыттааччыларга барыларыгар сертификат, кыайыылаахтарга  грамота уонна кубок  тутарылынна.
Курэхпитин икки группа5а арааран ыыттыбыт, бастакы группа 1-2 кылаастар, иккис группа 3-4 кылаастар.


Дьууллуур субэ улэтигэр кытыннылар:
1.Саввинова Клара Егоровна, Албан Аат музей директора.
2. Томская Диана Нестеровна, уорэ5ирии ветерана.
3.Софронова Владилена Владимировна, детскэй библиотека сэбиэдиссэйэ.
4.Семенова Розалия Степановна, Булуутээ5и педколледж преподавателэ.
5. Николаева Тамара Семеновна, шахмат кружок салайааччыта.
6. Николаев Николай Иннокентьевич, «Булуу саьар5алара» суруйааччыларын союьун  чилиэнэ, «Ыллык» тумсуу чилиэнэ.
Корон-истэн сыаналаатылар: Кыттааччылар тыллара-естере чуолкайын, истээччи бол5омтотун бэйэлэригэр тардалларын, тылларын уустаан-ураннаан аа5алларын, толоруу маастарыстыбатын тоьо баьылаабыттарын корон ис хоьоонун арыйыыны, куолас эгэлгэтин, толоруу иэйиитин, истээччигэ дьайыытын,  сыана5а туттуу-хаптыы култууратын корон туран.


1 группа- 1 -2 кылаастарга
1 миэстэ Булуутээ5и 1-кы №-дээх алын суьуох оскуола 1 в кылаас боло5ун аа5ааччылара «Чэгиэн чэбдик буолуо5ун», «Танюша туьунан» диэн хоьооннорунан,салайааччы Павлова И. И.
2 миэстэ  Баппа5аайы орто оскуолатын 1 кылааьын боло5ун аа5ааччылара  «Мэнигийээн мэникчээн» диэн хоьооннорунан, салайааччы Жиркова.
3 миэстэ  Булуутээ5и 1-кы №-дээх алын суьуох оскуола 2 г кылаас боло5ун аа5ааччылара «Ытанньах герой буолбат» диэн хоьооннорунан, салайааччы Чабыева Т. Н.
Жюри сэнээриитин ылбыт аа5ааччыларга Анал ааттары инэрдилэр уонна  грамота туттардылар 1-кы уонна 2-с кылаастар истэригэр.
«Умсугутуулаах аа5ааччылар» анал ааты ыллылар Булуутээ5и алын суьуох 1-кы №дээх 2 а кылааьын аа5ар боло5о «Кундуттэн кунду кылаат» диэн хоьоонунан, салайааччы  Протопопова Е. А.
«Дор5оонноох аа5ааччылар» анал ааты ыллылар Булуутээ5и 1-кы №-дээх алын суьуох оскуола 2 б кылааьын аа5ар боло5о «Уоьа хараарбыт диэн хоьоонунан, салайааччы  Константинова Н. И.
«Иэйиилээх  аа5ааччылар» анал ааты ыллылар Булуутээ5и 1-кы №-дээх алын суьуох оскуола 1 б кылааьын аа5ар боло5о «Куорэгэйдиин корсуьуу» диэн хоьоонунан, салайааччы  Потапова М. К.
«Кэскиллээх аа5ааччылар» анал ааты ыллылар Булуутээ5и 1-кы №-дээх алын суьуох оскуола  1 в  кылааьын аа5ар боло5о «Танюша туьунан» диэн хоьоонунан, салайааччы  Павлова И. И.
«Тускуллаах аа5ааччы» анал ааты ыллылар Булуутээ5и 1-кы №-дээх алын суьуох оскуола  1 а  кылааьын аа5ар боло5о «Ытанньах герой буолбат» диэн хоьоонунан, салайааччы  Тихонова А. С.


2 группа-3-4 кылаастарга
1 миэстэ-Булуутээ5и 1-кы №-дээх алын суьуох оскуола 4 а кылаас боло5ун аа5ааччылара «Уоьа хараарбыт» диэн хоьоонунан, салайааччы Степанова А. Н.
2 миэстэ – Булуутээ5и 2-с №-дээх алын суьуох оскуола 4 б кылааьын боло5унэн аа5ааччылара «Улуу Кыайыы» диэн хоьоонунан, салайааччы Ефремова Р. С.
3 миэстэ- Булуутээ5и 1-кы №-дээх алын суьуох оскуола 3 в кылаас боло5ун аа5ааччылара «Уоьа хараарбыт» диэн хоьоонунан,салайааччы Кузнецова Л. Н.
Жюри сэнээриитин ылбыт аа5ааччыларга Анал ааттары инэрдилэр уонна  грамота туттардылар 3-с уонна 4-с кылаастар истэригэр..
«Умсугутуулаах аа5ааччылар» анал ааты ыллылар Булуутээ5и алын суьуох 2-с №дээх 3 б кылааьын аа5ар боло5о, салайааччы Николаева Т. А.
«Дор5оонноох аа5ааччылар» анал ааты ыллылар Булуутээ5и 1-кы №-дээх алын суьуох оскуола 3 б кылааьын аа5ар боло5о, салайааччы Доранова С. А.
«Иэйиилээх  аа5ааччылар» анал ааты ыллылар Булуутээ5и 1-кы №-дээх алын суьуох оскуола 3 г кылааьын аа5ар боло5о, салайааччы  Иванова М. И.
«Кэскиллээх аа5ааччылар» анал ааты ыллылар Булуутээ5и 1-кы №-дээх алын суьуох оскуола 4 б  кылааьын аа5ар боло5о, салайааччы  Кириллина М. В.
               Аа5ыыбыт курэ5ин ырыанан киэргэттилэр, бэйэлэрин э5эрдэлэрин тириэртилэр Дмитриева Оля 1 в кылаас уорэнээччитэ «Саха кыыьа» уонна 3 б кылаас уолаттара «Кыырпахтар» диэн ырыанан, 1б кылаас боло5ун  толоруутугар чабыр5ах «Алаас о5олоро».
          «Мин айымньыларбын сэнээрэн аа5ар сахам сирин
 олохтоохторо, о5олор.
Суруйааччы айымньыта эьиги аа5аргыт тухары тыыннаах буолар,
эьиги аахпатыгыт да кини суолтата сутэр, умнуллар.
 Онон тоьо кыалларынан торообут литература5ытын аа5ын, санаа5ытын аьа5астык этэр буолун».
                                                                                Буотур Тобуруокап
 бэргэн этиитинэн улуустаа5ы аа5ыы курэ5ин тумуктээтибит, кэлэн бука-бары  кыттыбыттарга бар5а-махтал буоллун. Оссо да кэлэн аа5ыы курэхтэригэр кэлэн кыттыахтара диэн эрэнэ хааллыбыт.









Комментариев нет:

Отправить комментарий

Что нового