вторник, 19 декабря 2017 г.

Республиканскай “Педагог-библиотекарь-2017” курэ5ин сонуннара

 
                Ахсынньы  ый 11 -15 куннэригэр  “Педагог-библиотекарь-2017”  республиканскай таhымнаах профессиональнай оскуола  библиотекардарын икки ардыларыгар  курэх буолан ааста. Бу курэххэ биhиги  улуустан И. М. Гоголев-Кындыл аатынан Чочу орто оскуолатын педагог-библиотекара Буслаева Виктория Викторовна баран ситиhиилээхтик кыттан кэллэ.
Yрдук таhымнаахтык, таhаарыылаахтык, ситиhиилээхтик барда.  Балаhыанньа быhыытынан  курэх икки этабынан ыытыллынна:
1.     Туhумэх: Интерактивнай-заочнай
2.     Туhумэх: Сорудахтары толоруу.
           Интерактивнай туhумэх тумугунэн финалга республика сэттэ бастын педагог-библиотекардара  бэйэлэрин  баай опыттарын,  ситиhиилээх улэлэрин,  киэн эйгэ5э тар5ата, опыт атастаhа, улэлэригэр сананы билэ-коро, билсэ  корустулэр. 


           Ол курдук,  Амма улууhуттан Алексеева Лена Васильевна, В. В. Расторгуев аатынан Амматаа5ы 2-с №дээх орто оскуолатын педагог-библиотекара .Аммосова Мария Инноекнтьевна, Чурапчы улууhун Телей орто оскуолатын педагог-библиотекара. Буслаева Виктория Викторовна, Булуу улууhун И. М. Гоголев-Кындыл аатынан Чочутаа5ы орто оскуола педагог-библиотекара. Колесова Нюрбина Васильевна, Таатта улууhун А. И. Софронов аатынан 1-кы №-дээх Ытык –Куол орто оскуолатын педагог-библиотекара. Ильинова Зоя Николаевна, Эдьигээн улууhун Шемяков аатынан Кыстатыам орто оскуолатын педагог-библиотекара.Федорова Светлана Тимофеевна, Сунтаар улууhун 2-с №-дээх Сунтаар орто оскуолатын педагог-библиотекара. Якупова Юлия Андреевна, Олуохумэ улууhун Сыныйахтаах орто оскуолатын педагог-библиотекара.
           Курэх бастакы кунугэр кыттааччылар  бэйэлэрин улэлии сылдьар улэлэрин проект  онорон комускээтилэр.  Бары  да урдук таhаарыылаахтык, айымньылаахтык, айа-тута, о5ону аа5ыы абыланар, эйгэтигэр угуйар элбэх улэлэри кордордулэр. 
             Иккис куннэ, педагог-библиотекардарбыт дьиэ кэргэннэ аа5ыы  угэьин  ко5улээhин, уhуйааhын ньымаларын, опыттарын, сатабылларын быыстапка онорон  бар дьонно кэпсээтилэр, тар5аттылар, кордордулэр.  Ол быыстапка5а араас интэриэhинэй, ча5ылхай  дьиэ кэргэн улэлэрэ,  альбомнара,  саналыы, аныгылыы формалаах кинигэлэрэ, тороппуттэргэ, учууталларга, педагогтарга туhалаах  методическай субэлэрэ, ыйынньыктара  кордоруугэ турдулар.
               Маны таhынан,  сорудах быьыытынан дьиэ кэргэннэ аа5ыы оруолун урдэтэр, о5олор бэйэлэрэ суруйбут проект улэлэрин дьууллуур субэ иннигэр комускээтилэр.  О5олор бэйэлэрин улэлэлэрин тематын ча5ылхайдык арыйан кэпсээтилэр, ыйытыыларга хоруйдаатылар. Кыттыбыт уорэнээччилэрбит бу улэлэрин оссо да диринэтэн, чинчийэн салгыы уорэтиэхтэрэ, кэпсиэхтэрэ, киэн эйгэ5э тар5атыахтара диэн эрэллээхпит.
              Курэх уhус кунугэр Дьокуускайдаа5ы саха национальнай гимназиятын(ЯГНГ) библиотекатын саалатыгар, гимназия уорэнээччилэригэр   педагог-библиотекардарбыт аьа5ас библиотечнай уруоктары кордордулэр. Бэйэлэрин туох баар сатабылларын, дьо5урдарын ууран туран, араас ньыманы туттан, бииртэн биир учугэй интэриэhинэй уруоктары  ыыттылар.  Бу уруоктартан, о5олор, учууталлар элбэ5и, интэриэhинэйи билэн, инэринэн тар5астылар.
            Курэх кыттыыллаахтарыгар  ИРОиПК дириэктэрин солбуйааччы Бугаев Н. И. “Воспитание всем миром” тема5а аьа5ас  кэпсэтиини тэрийэн, санаа атастаhыыта, иитиигэ сана суурээн тосхоллорун тобуллулар. Бу кэпсэтиигэ  бэрт  элбэх  толкуйдар этилиннилэр.
            Курэх кунду ыалдьыттарынан, урукку сылларга ыытыллыбыт курэхтэр кыайыылаахтара: Томская Мира Григорьевна Оймокоон улууhун Томтор орто оскуолата, Нестерова Софья Дмитриевна Уус –Майа улууhун Петропавловскай орто оскуолата, Нестерова Прасковья Семеновна Амма улууhуттан буоллулар. Кинилэргэ институт иhинэн олохтоммут сабыс сана “За верность профессии” бэлиэни туттардылар.
             Бары курэх туhумэхтэрин урдук таhымнаах, чиэhинэй, сатабыллаах дьууллуур субэ  кэтээн кордо, баал туруортаата, сыаналаата, дьууллээтэ.
“Инновации в библиотечном деле» -Аммосова М. И. (Чурапчы) , «Воспитание гражданской позиции»- Федорова С. Т.(Сунтар), «Школьная библиотека-место формирования ИКТ компетенций» -Буслаева В. В. (Булуу),  «Педагог семейного чтения»- Колесова Н. В. (Таатта), “Профессиональный дебют” -Якупова Ю. А., (Олуохумэ), “Библионавигатор”- Алексеева Л. В. (Амма), “Профессиональный успех” - Ильинова З. Н. (Эдьигээн) анал ааттары туттулар. Сыл бастын «Педагог-библиотекарь года-2017» анал урдук ааты  Алексеева Лена Васильевна  ылыан ылла.
               “За верность профессии”  туоскэ кэтиллэр бэлиэ знагынан  Ильинова З. Н., Федорова С. Т.  бэлиэтэннилэр.  Бу туоскэ кэтиллэр бэлиэни ИРОиПК сана олохтоон, ор сылга таhаарыылаахтык, айымньылаахтык улэлээбит педагог-библиотекардарга  туттардылар.  Ону таhынан, Саха сирин уорэ5ин Министиэристибэтин Бочуотунай грамоталарын, махтал суруктарын курэххэ кыттыбыт педагог-библиотекардарбыт уоруулээх быhыыга-майгыга туттулар.
                 Бу курэх чэрчитинэн  республика оскуолаларын педагог-библиотекардарыгар    “Организация деятельности библиотек  общеобразовательных организаций”  куурус ыытылынна. Кууруска уопсайа 37  курсаан  уорэннэ, курэх бары туhумэхтэригэр кохтоохтук  кытыннылар уонна бэйэлэрэ маастар кылаастары ыыттылар, сатабылларын кордордулэр, опыт атастастылар.  Олор истэригэр Булууттэн икки педагог-библиотекардар Харлампьева А. А., (МБОУ «ВНОШ №1»), Степанова Р. Н. «МБОУ «Кыргыдай орто оскуолата) баран кордубут –иhиттибит, бэйэбит билиибитин ханаттыбыт.
Бу кууруhу уонна курэ5и тэрийэн иилээн–са5алаан ыыппыт кунду дьоннорбутугар  Алексеева Галина Ивановна, ИРОиПК дириэктэригэр, Иванова Татьяна Ивановна5а,  ИМО центрын салайааччытыгар  урдук таhаарыылаах, баай ис хоhоонноох республиканскай  “Педагог-библиотекарь-2017” курэ5и, профессиональнай бырааhынньыгы уонна кууруhу тэрийэн ыыппыттарыгар бар5а махталбытын тиэрдэбит. Махтал тылларын этэбит тэрийэн ыыппыт, Булуу улууhун уорэ5ириитин управлениятын педагог-библиотекардар методиспытыгар Иванова С. П., методическай холбоhук салайааччытыгар Поскачина М. В.(Н. Н. Каратаев аатынан Тааhа5ар орто оскуолата).
Булуу улууhуттан республиканскай таhымнаах курэххэ кыттан кэлбит кунду коллегабытыгар Буслаева Виктория Викторовнаны ис сурэхпититтэн оссо тогул э5эрдэлиибит. Ба5арабыт урдуктэн урдук ситиhиилээх улэни, дьиэ кэргэннитигэр дьоллоох-соргулаах оло5у, чэгиэн доруобуйаны!



               Харлампьева А. А., МБОУ “ВНОШ №1”педагог-библиотекара

Ахсынньы 19 кунэ 2017 сыл. 



2 комментария:

Что нового