Библиотечнай
уруок: Айыл5аны харыстыахха.
4 кылааска ыытыллар
Педагог-библиотекарь:
Алексеева С.Ф.
Уруок
сыала: Айыл5аны харыстыыр сыаллаах улэлиир тэрилтэлэри билии. А5ыйаабыт кыыллар,
кетердер, уунэйилэр тустарынан кэпсээтии.
Соруктара:
-о5о
толкуйун сайыннарыы;
-билэр-көрөр ба5атын кэңэтии;
-айыл5а кэрэтин харыстыырга үөрэтии.
Туттуллаллар:
презентация, кинигэлэр.
Уруок хаамыыта:
1. Кэпсээн. (Слайдалар). Киhи айыл5аны харыстыахтаах. Билиңңи кэмңэ
кыыл араас көрүңэ, уунээйи аҕыйыыр. Бүгүңңү дьарыкка айыл5а харыстабылын
кэпсэтэбит, ыйытыктар, таабырыннар бэриллэллэр. Россия5а да, Саха
сиригэр да айыл5аны харыстыырга элбэх
заповедниктары, заказниктары арыйаллар.
Заповедниктар- харыстанар сирдэр. Манна мас-от кэрдиллибэт,көтөр-
суурэр өлөруллубэт.
Бастакы харыстанар резерваттар Горнай уонна Хаҥалас улуустарыгар 1969 с. тэриллибиттэрэ.
Президент Михаил Ефимович Николаев Саха сиригэр харыстанар Ытык кэрэ сирдэри
тэрийиини са5алаабыта.
Булуң
улууhугар Лаптевтар муораларын аттыгар баар заповедник - Усть-Ленскэй заповеднига дэнэр. 1986 с.
тэриллибитэ.
Сыаналаах
балыктары, көтөн кэлэр көтөрдөрү, хотугу табаны, моржаны харыстыырга, туундара
айыл5атын үөрэтэргэ, харыстыырга анаан тэриллибитэ.
Практическай
улэ:
О5олортон
ыйытыы: Сутэн, а5ыйаан эрэр эриэккэс
уунээйилэри, көтөрдөрү, кыыллары ханнык кинигэ5э киллэрбиттэрий?( Эппиэт: Кыhыл
кинигэ5э. Кинилэр сокуонунан харыстаналлар.)
Сэдэх
уунээйилэр, котордор, кыыллар ааттарын билэ5ит дуо? Билигин бу ыйытыыга
аналлаах улэлэри биэриэм.
1
болох.
Бу
ыйытыыларга эппиэттээ:
1.Таба
таптыыр аhылыгын ааттааң?
2.Сааhы
бастаан көрсүhэр хорсун-хоодуот санаалаах, нарын-намчы бэйэлээх кэрэчээн
сибэккибит аатын суруй.______
Сэдэх
сибэккилэри суруй_______________
2
болох.
Бөрө, куобах,
кыра кутуйах, эhэ .
ТөҺө
уҺуннук олороллоруй?
Олорор
саастара төҺөтүнэн улаатан иhэрдии ааттарын суруй.
А5ыйаан
эрэр кыыллары суруй___________
3
болох.
1.Таабырыны
таай:
Биhиэхэ
саас эрдэ ханнык чыычаах кэлэрий?
2.
Зимородок обыкновенный чыычаах саас
ханнык ыйга кэлэрий уонна ханнык
ыйга
тонноруй?
3.А5ыйаан
эрэр котордору суруй_____________.
4
болох.
Таабырыннары
таай:
1.Кыhын
сылытар, саас ирэр, сайын сүтэр, күhүн тиллэр баар үhү.
2.
Тымныы дьэнкир таас уhаакка
угуллар , уба5аска кубулуйан туохха бары туттуллар.
Ыраас уу туох туhалаа5ын суруй________________________.
Ыраас уу туох туhалаа5ын суруй________________________.
О5олор
эппиэттэрин истии, слайдалары коруу.
Слайданан
коруу. Ɵлүөхүмэ заповеднига 1984 сыл
тохсунньу 3 күнүгэр тэриллибитэ.
Суруктаах хайалар бааллар. Кэрэ
айыл5алаах.
Тумук.
Айыл5аны
харыстыаххайын. Сахабыт сирин географиятын, кыылын, которун, уунэйилэрин
билиэххэйин. Айыл5а до5отторо буола улаатан, айыл5а баайын сопко туhана уорэнэн иhиэ5ин.
Комментариев нет:
Отправить комментарий