четверг, 5 декабря 2019 г.

Олоҥхо нэдиэлэтэ


      Саха сирин урдунэн сэтинньи 25 кунуттэн ахсынньы ый 10 диэри Олонхо декадата ыытыллар. Биһиги оскуолаҕа эмиэ сылын аайы Олонхо декадата ыытыллар. Үөрэнээччилэр, төрөппүттэр, өбүгэлэрбит олохторун -дьаһахтарын, үгэстэрин билэллэригэр анаан элбэх тэрээһиннэр ыытыллаллар.   

   «Олонхо алыптаах дойдута» диэн улахан кинигэ выставката тэрийэн туруордум.


 «Олоҥхо дойдута» диэн кылаас аайы библиотечнай уруоктары ыыттым. Үөрэнээччилэр П. А. Ойуунускай суруйбут «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхону болҕомтолоохтук иһиттилэр, астыннылар.














    Саха республикатын национальнай библиотеката уонна Саха  республикатын Олонхо ассоциацията ыыппыт 1 республикатааҕы акцияҕа кыттан «Олонхо дьыктаана-2019» суруйдубут. Сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар, олоҥхо баай тылын-өһүн, билиини–көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах учугэй тэрээһин буолла. Манна 22 учуутал, 8 үөрэнээччи кытынна. 14 учуутал туйгун сыанаҕа суруйан дипломунан наҕараадаланнылар, 4 учуутал «4» сыанаҕа суруйдулар, кыттыбыттар бары туоһу суруктары туттулар.






  Ыллыҥ да Олоҥхо тылынан суруйар ыарахан соҕус, ол да буоллар учууталларым көхтөөхтүк кыттыыны ыллылар, ситиһиилэнэн үөрдүлэр-көттүлэр. Бу акцияны сылын аайы ыытардыы былаанныыллар эбит, онон өссө да кыттыахпыт диэн эрэллээхпит.

                         Педагог-библиотекарь Харлампьева А. А.

Комментариев нет:

Отправить комментарий

Что нового