“Көҥүл, эйэ, таптал тойуксута” улуустааҕы күрэх түмүктэрэ
Кулун тутар 15 кунугэр Саха норуодунай бэйиэтэ, тылбаасчыт, ССРС уонна Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын биир ааптара, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата Михаил Елисеевич Тимофеев хоhооннорун ааҕыыга улуустааҕы аһаҕас күрэх түмүктэннэ. Курэhи М.Е.Тимофеев төрөөбүтэ 90, Саха АССР төрүттэммитэ 100, үөрэхтээhин эйгэтигэр Ааҕыы сылларыгар анаан Бүлүү улууһун үөрэҕириитин салалтата, педагог-бибилэтиэкэрдэр методическай түмсүүлэрэ тэрийэн ыыттылар. Улуустааҕы күрэххэ 15 оскуола иһинэн ыытыллыбыт түhүмэххэ бастаабыт 48 үлэ кытынна.
🏆🏆🏆 Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит! 👏👏👏
I бөлөх (1 - 4 кылаастар үөрэнээччилэрэ)
Биирдиилээн ааҕааччыларга
I миэстэ: «Маҥнайгы булт”. Степанов Айаал. 2 кылаас, Е.А.Степанова аатынан Тоҕус орто оскуолата. (Салайааччы Григорьева А. Н.)
II миэстэ: «Хатыҥнаах оскуолам». Павлов Гаврил, 2 «б», Бүлүү №1 алын сүһүөх оскуолата. (Салайааччы Потапова М.К.)
III миэстэ: "Сахабыт сирэ". Раев Артур, 1 «б», Г.С. Донской аатынан №2 Бүлүү орто оскуолата. (Салайааччылар Ефремова Р.С., Тимофеева А.В.)
Бөлөҕүнэн ааҕыыга
I миэстэ: "Сахабыт сирэ". 3 «а» кылаас коллектива, Г.С. Донской аатынан №2 Бүлүү орто оскуолата. (Салайааччылар Веревкина С.П., Тимофеева А.В.)
II миэстэ: "Сахабыт сирэ". 4 кылаас коллектива, А.А. Миронов аатынан Мастаах орто оскуолата. (Салайааччы Алексеева А. Н.)
III миэстэ:"Уулаах отон". 3 кылаас коллектива, Н.Н.Каратаев аатынан Тааһаҕар орто оскуолата. (Салайааччы Григорьева А. Е.)
II бөлөх (5 - 8 кылаастар үөрэнээччилэрэ)
Биирдиилээн ааҕааччыларга
I миэстэ: "Сур бөрөлөр". Кутугутов Эрхаан, 6 «б» кылаас, Г.И. Чиряев аатынан №1 Бүлүү орто оскуолата. (Салайааччы Яковлева А. В.)
II миэстэ: "Хомус тарда оонньуубут". Никифорова Сайаана, 6 «б», Г.И. Чиряев аатынан №1 Бүлүү орто оскуолата. (Салайааччы Яковлева А.В.)
III миэстэ: "Көлүкэ".Николаева Вера, 5 кылаас, П.А. Павлов аатынан I Күүлэт орто оскуолата. (Салайааччы Саввинова Л. Г.)
Бөлөҕүнэн ааҕыыга
I миэстэ: "Ветеран саллааттар". 5 «б» кылаас коллектива, Г.И. Чиряев аатынан №1 Бүлүү орто оскуолат. (Салайааччы Филиппова Нь. И.)
II миэстэ: "Бу - саас тыала, бу - Маай тыаһа". V кылаас коллектива, В.П. Трофимова аатынан Өкүндү ситэтэ суох орто оскуолата. (Салайааччы Петрова С.В.)
III миэстэ: «Октябры айбыттар сиэннэрэ". 5 кылаас коллектива, А.И. Леонтьев аатынан Лөкөчөөн орто оскуолата. (Салайааччы Николаева Ф.Ф.)
III бөлөх ( 9-11 кылаастар үөрэнээччилэрэ)
Биирдиилээн ааҕааччыларга
I миэстэ: "Аас маҥан баттахтаах эмээхсин". Яна Алексеева, 10 кылаас, Г.Ф. Николаев аатынан Бөкчөҥөө оскуолата. (Салайааччы Иванова Н. Г.)
II миэстэ: "Үөрүү". Григорьев Маркел, 10 кылаас, А.И. Леонтьев аатынан Лөкөчөөн орто оскуолата. (Салайааччы Николаева В.Г.)
III миэстэ: "Мин тылым-мин туойар хомуһум".Николаев Петр, 9 кылаас, П.А. Павлов аатынан I Күүлэт орто оскуолата. (Салайааччы Саввинова Л.Г.)
Бөлөҕүнэн ааҕыыга
I миэстэ: «Таптыыр суруйааччым". 9 «б» кылаас "Сайдам" бөлөҕө, Г.И. Чиряев аатынан №1 Бүлүү орто оскуолата. (Салайааччы Харлампьева Л. И.)
II миэстэ: "Сахабыт сирэ". 9 кылаас коллектива, П.И. Быканов аатынан Халбаакы орто оскуолата. (Салайааччы Егорова А.И.)
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан анал ааттар ананнылар:
«Иэйиилээх ааҕааччы»: "Сир аhа". Сергина Арина. 2 кылаас, Е.А.Степанова аатынан Тоҕус орто оскуолата. Салайааччы: Григорьева А.Н.
«Хомоҕой ааҕааччы»: “Санааны манньытар сааскы тыал кыната”. “Чочу уолаттара” бөлөх. (Салайааччылар Тум-фа-ли В.И., Буслаева В.В.)
«Кэскиллээх ааҕааччы»: “Ийэм истиҥ мичээрэ”. Сидорова Лилия. 4 кылаас, В.П. Трофимова аатынан Өкүндү ситэтэ суох орто оскуолата. (Салайааччы Петрова В.Н.)
"Уран тыллаах ааҕааччы": "Герой Охлопков". Степанов Артур. 3 "б" кылаас. Бүлүү №1 алын сүһүөх оскуолата. (Салайааччы: Константинова Наталья Ивановна)
"Көрөөччү биһирэбилэ". Саамай элбэх 👍 хомуйбут: «Таптыыр
суруйааччым". 9 «б» кылаас "Сайдам" бөлөҕө, Г.И. Чиряев аатынан №1
Бүлүү орто оскуолата. (Салайааччы Харлампьева Л. И.)
Күрэххэ кыттыбыт үлэлэри (видео-матырыйаалы) Интернет ситимигэр Бүлүү улууһун педагог - бибилэтиэкэрдэрин блогтарыгар “Школьные библиотеки Вилюйского улуса” https://libvil.blogspot.com/) уонна ТааҺаҕар орто оскуолатын бибилэтиэкэтин Ютуб-каналын плейлииhигэр https://youtube.com/playlist?list=PL5mE66gM9Bkj86-JtvHx2o0cYl0OKtTQq көрүөххэ сөп. Бастаабыт уонна биһирэммит күрэх кыайыылахтарын үлэлэрэ Булуу улууһун үөрэҕириитин саайтыгар көрүҥ.
Улуустааҕы күрэх кыайыылаахтара уонна номинаннара Бүлүү улууһун үөрэҕириитин салалтатын дипломунан, М.Е.Тимофеев айымньыларын хомуурунньугунан наҕараадаланыахтара.
Күрэҕи спонсордаабыт суруйааччы дьиэ кэргэнигэр, кыыһыгар Аина Михайловнаҕа, күрэх дьүүллүүр сүбэтигэр: Томская Вера Петровнаҕа, Маисов Семен Семеновичка, Алексеева Мария Степановнаҕа; оскуола иhинээҕи (15 оскуола) түhүмэхтэри тэрийэн ыыппыт педагог-бибилэтиэкэрдэргэ тэрийэр бөлөх аатыттан махталбытын тиэрдэбит.
Иванова С.П., Поскачина М.В.
Комментариев нет:
Отправить комментарий