четверг, 22 марта 2018 г.

«Дьоҕур 2018» региональнай фестиваль.


     Кулун тутар 15 күнүгэр Хампа орто оскуолата «Дьоҕур-2018» региональнай фестивальга 4 улуус оскуолаларын оҕолоругар аанын тэлэччи арыйда уонна үөрэ-көтө көрүстэ. Манна 100-чэкэ оҕо кытта уонна 12 салайааччы кэлбиттэрэ. Фестиваль үөрүүлээх чааһыгар сыанаҕа “Дьоҕур” былааҕын түөрт улуус үөрэнээччилэрэ киллэрдилэр. Ол курдук, Бүлүү улууһуттан Хампа орто оскуолатын 6 кылаас үөрэнээчитэ Бакарова Анжелла, Үөһээ Бүлүү улууһуттан 8 кылаас үөрэнэччитэ Арсеников Арсений, Ньурба улууһуттан 8 кылаас үөрэнэччитэ Дмитриев Николай, Сунтаар улууһуттан 6 кылаас үөрэнэччитэ Егоров Владик былаах тутар үрдүк чиэскэ тигистилэр.

    Хампа оскуолатын быйыл бүтэрэр үөрэнээччилэрэ Колодезникова Мария, Семенов Семен, Еремеева Анжелика, Прокопьев Мичил оскуола гимнын кэлбит ыалдьыттарга бэлэх ууннулар. Бу ырыаны биһиги оскуолабыт нучча тылын учуутала Марианна Николаевна Мандарова айбыта.
      Оскуола директора Семенова Вероника Даниловна күрэх кыттыылаахтарын эҕэрдэлээн  туран, өр сылларга “Дьоҕур” лааҕыры иилээн-саҕалаан үлэлэтэр Унарова Лидия Афанасьевнаҕа муҥура суох махталын биллэрдэ. Оскуола профкомун бэрэссэдээтэлэ Степанова Лена Лазаревна сибэкки дьөрбөтүн туттарда. Харда тылын Лидия Афанасьевна бэйэтэ суруйбут хоһоонун бэлэхтээтэ уонна “Дьоҕур” туһунан ахтан аһарда. Бүлүү улууһун үөрэҕириитин аатыттан Эльвира Семеновна оскуола коллективыгар уонна Вероника Даниловнаҕа махтал суругун туттарда. Үөрүүлээх чаас кэнниттэн оҕолор кылаастарынан олимпиадаҕа кытта бардылар 

 
 
 




 
 





 
Фестиваль кыттыылаахтара.
 
 
 
Бүлүү улууһуттан: Бүлүү оскуолалара уонна гимназията, Хампа, Чернышевскай, Чочу, Кыһыл-Сыр, Өкүндү оскуолаларыттан 29 оҕо кытта кэлбитэ.

Үөһээ Бүлүү улууһуттан: Үөһээ Бүлүү 1 нүөмэрдээх оскулатыттан, ВВРЛИ, Хору, Тамалакаан, Ороһу, Далыр, Дүллүкү, Боотулу оскуолаларын чиэһин көмүскүү 24 оҕо кэлбитэ.

Сунтаар улууһуттан: СПТЛИ, бастакы нүөмэрдээх ССОШ, Бүлүүчээннээҕи лицей интернат, Элгээйи, Тойбохой, Арыылаах, Кутана оскуолаларыттан 20 оҕо билиитин чиҥэтэ кэлбитэрэ.

Ньурбаттан 26 оҕо бу ыытыллыбыт олимпиадаҕа кытта кэлбитэрэ.



 
 
Маастар кылаас.
 
 
 
Хампа орто оскуолатын биир опыттаах, бастыҥ математик учуутала Лидия Афанасьевна «Дьоҕур» туһунан Бүлүү улууһуттан кытта кэлбит учууталларга анаан библиотекаҕа маастар кылаас ыытта. Онно бэйэтин олоҕуттан араас түгэннэри кэпсээбитэ .

Эһиил 2019 сылга биһиги оскуолабытыгар «Дьоҕур» лааҕыр тэриллибитэ 25 сылын туолар, кини бастакынан «Дьоҕур» лааҕыры иилээн-саҕалаан үлэлэппит учууталлартан биирдэстэрэ буолар.



Лидия Афанасьевна оскуоланы бутэрэн баран Вильнюс куоракка үөрэнэ барбыта. Үөрэҕин бүтэрэн 1970 сыллаахха Хампа оскуолатыгар үлэлии кэлбитэ. Кини быйыл үлэлээбитэ 48 сылын туолар. Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна. Кинини бары ытыктыыллар, убаастыыллар .

Лидия Афанасьевна үөрэнээччитэ Джумаев Аслан Саха сирин туйгун оҕолоругар ыытыллыбыт олимпиадаҕа 60 оҕоттон 1 миэстэҕэ тиксэн учууталын үөрүүтэ үгүс.

Бу маастар кылааска өр кэмҥэ мунньуммут уопутун кэлбит ыалдьыттарга тарҕатта, үллэһиннэ.
 
 



 
Математика уонна физика олимпиадата.
 
 
 
Фестивальбыт биир саамай сүрүн көрүҥэ саҕаланна.
Олимпиада бириэмэтигэр кылаастарга киирэн хас оҕо баарын билиэтэннилэр:
 
5 кыл СОШ – 7 үөрэнээччи, 5 кыл СПШ – 8 үөрэнээччи, 6 кыл СОШ – 8 үөрэнээччи, 6 кыл СПШ – 10 үөрэнээччи, 7 кыл СОШ – 12 үөрэнээччи, 7 кыл СПШ – 10 оҕо олорор, 8 кыл СОШ – 20 үөрэнээччи, 8 кыл СПШ – 20 үөрэнээччи.
Оҕолор талбыт предметтэригэр, учууталлара биэрбит билиилэрин тоҕо тэбээн, толкуйдаан суоттаабытынан бардылар.
 

 





Задаачалары суоттааһын 1 түһүмэҕэ.
Актовай залга кыттааччылары барыларын мунньан баран Гоголева Марианна Алексеевна 16 командаҕа араарда. Билигин 8 кабинекка иккилии команда буолан математика, оттон 8 кылаастарга өссө физика предметтарын сорудахтарын толордулар.
Оҕолор араас задачалары суоттаатылар.
Ол кэннэ матбой саҕаланна.
Матбой диэн оҕолор икки ардыларыгар хамаанданан күрэх ааттанар. Кыттааччылар араас таһымнаах задачалары суоттууллар уонна ону хайдах суоттаабыттарын анал хамыыһыйа, атын хамаанда иннигэр тахсан көмүскүүллэр. Ким сөпкө суоттаабыт уонна үчүгэйдик быһаарбыт кыайар. Бу күрэх оҕо мэйиитин сайыннарар, бэйэтин көрүүтүн көмүскүүргэ, дьон иннигэр тахсан иҥнибэккэ эппиэттииргэ туһалаах.
 
27 кабинекка (СПШ) бастакы хамаандаҕа ДЮСШ 8 кылаас үөрэнээчилэрэ кыттыыны ыллылар, онтон иккис хамаанда Ньурба оскуолатын 6-7 кылааһын оҕолоро.

28 кабинекка 1 хамаандаҕа Бүлүү гимназиятын 8 кылааһын оҕолоро, оттон кинилэри утары Сунтаар гимназиятын 7 кылаас үөрэнээччилэрэ кытыннылар.

29 кабинекка (СОШ) биир хамаандаҕа Ньурба оскуолатын 8 кылааһыттан 5 оҕо, оттон утары хамаандаҕа Сунтаар гимназиятын 6-7 кыллаһын 5 оҕото кытынна. Жюри Кыдаана Васильевна, Ньурба улууһа кыайда.

30 кабинекка (СОШ) биир хамаандата Үөһээ Бүлүү 8 кылаастара, онтон иккис хамаанда Бүлүү улууһа. Жюри Марфа Ивановна, Бүлүү улууһа кыайда.

31 кабинекка (СПШ) Үөһээ Бүлүү улууһун 6-7 кылаастара, онтон утары хамаандаҕа Сунтаар улууһа кытыннылар. Матбой жюрита Маргарита Нестеровна, Сунтаар кыайда.

35 кабинекка (СОШ) бастакы хамаандаҕа Бүлүү оскуолатын 6-7 кылааһын оҕолоро билиилэрин чиҥэтэн көрдүлэр, оттон атын хамаанда састаабыгар Үөһээ Бүлүү оскуолатын 6-7 кылаас оҕолоруттан турар. Матбой жюрита Татьяна Яковлевна, Бүлүү хамаандата хотто.

34 кабинетка (СОШ) бастакы хамаандаҕа Ньурба оскуолатын 6-7 кылаастара, онтон утары хамаандаҕа Сунтаар улууһун 6-7 кылааһын оҕолоро кытыннылар. Матбой жюрита Рада Радомировна, Ньурба улууһа хотто.

25 кабинекка (СПШ) бастакы хамаандаҕа оскуолатын Ньурба улууһун 6-7 кылаастара, онтон кинилэр утары Бүлүү гимназиятын оҕолоро кытыннылар. Жюри Саргылаана Николаевна, Ньурба улууһа кыайда.

 



 
Доҕордоһуу биэчэрэ.
 
 
 
Спортивнай күрэх буолан ааста. Онно пионербол, волейбол уонна баскетбол оонньоотулар. Холбоһук хамаанда тэринэн күрэс былдьастылар Сунтаар уонна Ньурба. Бу күрэҕи Январина Эдуардовна, Августина Прокопьевна уонна Яна Петровна иилээн-саҕалаан ыыппыттар.




 
 



Дьоҕур - 2018” региональнай фестивалыгар түөрт улуус оскуолатыттан 105 үөрэнээччи мындыр өй абылаҥар билиитин тургута Хампа орто оскуолатыгар үлэтин бастакы күнүн эҕэрдэ кэнсиэринэн түмүктээтэ.

Кулун тутар 5-6 күннэригэр Сочи куоракка буолан ааспыт “Фактор успеха” Аан дойдутааҕы фестиваль Гран – При хаһаайыннарын Хампатааҕы театральнай оскуола үөрэнээччилэрин толоруутугар “Дьөһөгөй” үҥкүүтүн бэлэх ууннулар.
 
Фактор успеха” Аан дойдутааҕы фестиваль 1 ст. лауреата Уйгууна Пинигина соло “Күөрэгэйдэр”, 2 ст. лауреттара Сандаара Прокопьева, Ксения Харлугина дуэт “Хаарчаана” бэйэлэрин ырыаларын бэлэхтээтилэр.


Улуустаа5ы “Первые шаги” конкурс 1 степеннээх лауреаттара Саввинов Сарыал соло “Санаалар”, Сайаана Степанова соло “Туруйалар” толордулар.

Биһиги ыалдьыттарбыт Сунтаар улууһуттан Аня Кириллина сольнай үҥкүүтүн, Ньурба улууһуттан Сандаара Семенова хомуска сахалыы матыыптары бэлэх ууннулар.
 
 

 





Аан быыһын сэгэтэн...
Бастакы күн түмүгүнэн оҕолор санаалара бөҕөх, бэйэлэригэр эрэллээхтэр. Кинилэр сэһэргииллэр: “Хампа Орто оскуолата олуһун үчүгэй, куораты санатар”.

Иккис күҥҥэ оҕолору салгыы араас задачалары суоттааһын уонна матбой күүтэр. Оҕолор бары да долгуйа түмүгү кэтэспиттэрэ. Ол эрэн чуҥкуйан олорор оҕо суох бары үлэлии, суоттуу, күрэс былдьаһа сылдьаллара...
 

Икки күннээх күрэс түмүгэ.
Результаты матбоя среди СОШ 6-7 кл              Результаты матбоя среди СОШ 8кл
 
1 м – Нюрба                                                          1 м – Нюрба

2 м – Вилюйск                                                     2 м – Вилюйск

3 м – Сунтар                                                         3 м – Верхневилюйск



Результаты матбоя среди СПШ 6-7 кл              Результаты матбоя среди СПШ 8 кл
 
1 м – Нюрба                                                          1 м – Нюрба

2 м – Сунтар                                                         2 м – Вилюйск

3 м - Вил. “Звездочки”                                         3м –



 
 
Результаты олимпиады по математике СОШ 5 класс
 
 
 
1 место - Черненко Ольга, 5 кл, Вил. Кысыл-Сырская СОШ (уч. Тимовеева И.И.)

2 место - Адамов Олег, 5 кл, Нюрб. Хангаласская СОШ (уч. Григорьева А.Н.)

3 место - Иванов Валентин, 5 кл, Нюрб. НСОШ №1 (уч. Ксенофонтова В.И.)



 
 
Результаты олимпиады по математике СПШ 5 класс
 
 
 
1 место - Акимов Леон, 5 кл, Вил. Гимназия (уч. Алексеева А.Н.)

2 место - Семенов Лев, 5 кл, В-Вил. ВВРЛИ (уч. Соловьева Т.Е.)

3 место - Григорьева Алена, 5 кл, В-Вил. ВВРЛИ (уч. Соловьева Т.Е.)



 
 
Результаты олимпиады по математике СОШ 6 класс
 
 
 
1 место - Бакарова Анжелла, 6 кл, Вил. Хампинская СОШ (уч. Гоголева М.А.)

2 место - Саввинов Петр, 6 кл, Нюрб. Малыкайская СОШ (уч. Семенова Е.А.)



 
 
Результаты олимпиады по математике СПШ 6 класс
 
 
 
1 место - Лобашева Марина, 6 кл, Вил. Гимназия (уч. Алексеева А.Н.)



 
 
Результаты олимпиады по математике СОШ 7 класс

1 место - Томская Виолетта, 7 кл, В-Вил. Оросунская СОШ (уч. Саввинова Н.А.)

2 место - Григорьев Арылхан, 7 кл, Сунт. Арылахская СОШ (уч. Николаева М.А.)

3 место - Яковлева Нарыйаана, 7 кл, Вил. ВСОШ №1 (уч. Дранаева К.В.)



 
 
Результаты олимпиады по математике СПШ 7 класс
 
 
 
1 место - Махатырова Диана, 7 кл, Нюрб. НТЛ (уч. Николаева А.А.)

2 место - Саввинов Олег, 7 кл, Вил. Гимназия (уч. Николаева Н.Н.)

3 место - Егоров Спартак, 7 кл, Сунт. СПТЛИ (уч. Маркова Т.Я.)



 
 
Результаты олимпиады по математике СОШ 8 класс
 
 
 
2 место - Васильева Алена, 8 кл, Сунт. Кутанинская СОШ (уч. Иванова В.С.)

2 место - Тимофеева Анира, 8 кл, Сунт. Вилючинский лицейин (уч. Челизова А.Н.)

3 место - Николаев Александр, 8 кл, В-Вил. Хоринская СОШ (уч. Николаева С.В.)



 
 
Результаты олимпиады по математике СПШ 8 класс
 
 
 
1 место - Дмитриев Николай, 8 кл, Нюрб. НТЛ (уч. Николаев Н.Н.)

2 место - Яковлев Яков, 8 кл, Нюрб. НТЛ (уч. Николаев Н.Н.)

3 место - Христофоров Владислав, 8 кл, Вил. Гимназия (уч. Николаева Н.Н.)



 
 
 





 
История создания Дьоҕур.
 
 
 
В семидесяти километрах от г. Вилюйска, расположено с. Хампа-одно из древних живописнейших местностей Средневилюйска, описанное в романе “Төлкө” известного якутского писателя Н. Золотарева-Якутского.

Лидия Афанасьевна-председатель улусного общества “Дьо5ур”, автор программы “Дьо5ур” по математике, книги “Дьо5ур сайыннарар математика5а задачалар”. Она сплотила творческий коллектив учителей математики. Вот уже который год проработал летний образовательный лагерь, где обучались и отдыхали дети из 4 улусов Вилюйского региона.

Приказом №63/02 от 6 июня 1994г. по Вилюйскому РОНО, на базе Хампинской СШ открыт летний математический лагерь “Кэскил-96” с 6 июня по 19 июня (14 дней) на 35 мест. Начальником назначить учителя математики Унарову Лидию Афанасьевну.

Самым сложным пунктом в рождении лагеря оказалось создание материальной базы. Много сил и энергии было отдано этой кропотливой работе.

Позитивными показателями является то, что воспитанники лагеря постоянно участвуют на региональных олимпиадах “Дьо5ур”, занимают призовые места.

Таким образом, у воспитанников лагеря появлялась реальное возможность поступить в центральные и республиканские ВУЗы и ССУЗы страны. Где бы они ни были, дети проявляют такие качества как упорство, целеустремленность и добросовестность.

В лагере работают творческие учителя, которые умело сочетают новые формы и методы работы, способствуют развитию логического мышления учащихся.
 
Подготовка к новому сезону отнимает много времени, хочется, что бы каждый сезон оставил след в сознании детей, стараемся найти индивидуальный подход каждому ребенку, дать ему работу уму и по силам. Только при этом условии любой умственный труд достигает цели.” – говорит руководитель лагеря Л.А. Унарова.



 
Гимн математического лагеря “КЭСКИЛ”
 
 
 
Дьоҕур” математическай лааҕыр 20 сылыгар анаан
Лидия Афанасьевна Унарова суруйбут хоһооно.
 

 
Слова Г. Алексеевой                               Мелодия И.Туласынова
 
 
Сунтаартан суотчуттар,                      Саспыты булуохха,           Ньурбаттан чулуулар,                        Сүппүтү көрдүөххэ, Бүлүүттэн булугастар,                        Эппиэти түргэнник,
Үс Бүлүүм сүнньүттэн                        Таһаара охсуохха!
Түөрт улуу оҕото.                               Үүнэр үйэҕэ биһиги
Дьоҕуру көрдөрө,                               Үнүгэс буолабыт.
Бастыҥы быһаара,                              Сайдыылаах олоххо
Туйгуну таһаара,                                Оҥкулуу уурабыт.
Турнирга кыттыһа                              Ким охпут бастыыра –
Тоҕуоруһан кэллибит.                       Барыбыт кыайыыта
Арыйан биэриэххэ,                            Бастыҥы буламмыт,
Сыыппара кистэлэҥин                       Үрдуккэ таһаарар –    
Кэрэхсээн билиэххэ,                           Барыбыт үөрүүтэ!
  
 

Комментариев нет:

Отправить комментарий

Что нового