среда, 7 марта 2018 г.

Хомуhуннаах тоҕус хоhоон.



Саха о5олоро, үүнэр сүҺүөх ыччат дьоно!
        Ийэ тыл этэр хомуhунун илдьэ сылдьар тиэкистэртэн барыларыттан хоhоон ураты дьайыытын билэн туран,  саха литэрэтиирэтигэр бу күңңэ айыллан сылдьар хоhооннортон «Ийэ тыл» көңүл түмсүү Түс киhитэ Дьөгүөр hуркуоп саха оҕолоругар, үүнэр сүҺүөх ыччат дьонуга туhаайан тоҕус хоhоону өйүгэр үөрэтэн үйэтин тухары этэ сылдьан, салгыы саңа сүҺүөх оҕоҕо – ыччакка туттаран хаалларарын туhугар кэс тылбытын этэн туран, маннык Хомуhуннаах тоҕус хоhоону тириэрдэбит:



1.      Өксөкүлээх Өлөксөй – А.Е. Кулаковскай (1877 - 1926). Оттоку олук алгыhа. 1912 с.
2.      Алампа – А.И. Софронов (1886-1935). Төрөөбүт дойду. 1912 с.
3.      Ойуунускай – П.А. Слепцов (1893-1939). Бырастыы. 1932 с.
4.      Николай Неустроев – Н.Д. Неустроев (1895-1929). Сахаада. 1920 – hис сс.
5.      Күндэ – А.А. Иванов (1898-1934). Төрөөбүт тыл. 1920 – hис сс.
6.      Сэмэн Данилов – С.П. Данилов (1917 - 19789). Олоңхо о5ото. 1970 – ус сс.
7.      Моисей Ефимов – М.Д. Ефимов (1927-2010). Тыл күүҺэ. 1990-ус сс.
8.      Савва Тарасов – С.И. Тарасов (1934-2010). Ол улуу киhи барахсан. 20-hис үйэ бүтүүтэ.
9.      Степан Дадаскинов – С.Е. Дадаскинов (1933-2011). Төрөөбүт тылбар андаҕар.
    Кэлэр кэнчээри ыччат дьоммут, бу хомуhуннаах тоҕус хоhоон тылын хайдах баарынан уларыппакка этэ- саңара сылдьаргытыгар сүбэ – соргу көтөхтөхпүт! Тускуо!

«Ийэ тыл» көңүл түмсүү бырабылыанньатын силиэттэрэ:
Багдарыын Сүлбэ – М.С. Иванов
Дапсы – М.П. Алексеев,
Хомус – И.Е. Алексеев,
Г.Г. Филиппов,
Элэс – Н.И. Максимов,
Тускул – Т.Л. Тарасов,
Тамайа – Т.И. Петрова,
Санаайа – Г.С. Попова,
Сайа – Н.В. Михалева.
«Ийэ тыл» көңүл түмсүү ТүҺэ: Е.П. Жирков.
2012 сыл алтынньы 2 күнэ. Дьокуускай к.

Комментариев нет:

Отправить комментарий

Что нового