Работа в номинации «Лэпбук-помощник
в продвижении чтения».
Проект:
«Төрөөбүт төрүт тылым – үүнэр-сайдар
кэскилим »
«Төрөөбүт тыла сайдарын туһугар туруулаһар ыччаты уһуйууга дьиэ кэргэни кытта бииргэ үлэлээһин ».
Бырайыак актуальноһа: Ийэ тылга
тапталы иитиигэ төрөппүт оҕотунуун элбэхтик алтыһарыгар сонун үлэ көрүҥүн
тэрийии.
Сыала: Оҕо төрөөбүт тылынан сайдар эйгэтин кэҥэтии, дириҥэтии. Төрөппүт оскуоланы кытта биир сомоҕо буолан иитии-үөрэтии үлэтигэр кыттыһарынситиһии.
Соруга: Оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтигэр төрөппүт элбэхтик кыттыһар эйгэтин тэрийии. Дьиэ кэргэн түмсэн бииргэ ааҕар, чинчийэр, айар түһүлгэтинтэрийии,кэҥэтии.
Сабаҕалааһын: Маннык бииргэ үлэлээһин түмүгэр төрөппүт оҕото тугунан тыынарын, интэриэһиргиирин ордук чугастык билэр буолуон сөп. Түмүгэр оҕотугар сүбэ-ама биэрэригэр, талаанын сайыннарарыгар сөптөөх хайысханы булунарыгар туһалаах. Үөрэнээччи ийэ тылынан үүнэр-сайдар суолун булунарыгар көмөлөөх буолара саарбаҕа суох.
Сыала: Оҕо төрөөбүт тылынан сайдар эйгэтин кэҥэтии, дириҥэтии. Төрөппүт оскуоланы кытта биир сомоҕо буолан иитии-үөрэтии үлэтигэр кыттыһарынситиһии.
Соруга: Оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтигэр төрөппүт элбэхтик кыттыһар эйгэтин тэрийии. Дьиэ кэргэн түмсэн бииргэ ааҕар, чинчийэр, айар түһүлгэтинтэрийии,кэҥэтии.
Сабаҕалааһын: Маннык бииргэ үлэлээһин түмүгэр төрөппүт оҕото тугунан тыынарын, интэриэһиргиирин ордук чугастык билэр буолуон сөп. Түмүгэр оҕотугар сүбэ-ама биэрэригэр, талаанын сайыннарарыгар сөптөөх хайысханы булунарыгар туһалаах. Үөрэнээччи ийэ тылынан үүнэр-сайдар суолун булунарыгар көмөлөөх буолара саарбаҕа суох.
Бырайыакка үлэлэһэллэр:
Алексеева А.Г- саха тылын
уонна литературатын учуутала
Васильева Е.Д,- саха тылын уонна литературатын
учуутала
Борисова Л.С- педагог-библиотекарь
Бырайыак үлэлиир миэстэтэ:
Саха
Республикатын Бүлүү улууһунааҕы Герой А.А. Миронов аатынан Мастаах орто оскуолата,
саха тылын учууталлара, библиотекарь, кылаас салайааччылара.
Бырайыак ыытыллар кэмэ: 2018-2019 сс
Бырайыак олоххо киирэр
хайысхалара:
- Кыраайы үөрэтиигэ «Мин
нэһилиэгим инники кэскилэ», «Нэһилиэк киэн туттар дьоно», «Төрөөбүт өтөх – хас
биирдии киһиэхэ ытык сирбит», «Саһарбыт страницалар кэпсииллэр», «Саһарбыт
хаартыска кистэлэҥэ» диэн темалары хабар тэрээһиннэри ыытыы.
- Оскуола иһинэн, кустовой,
улуус үрдүнэн ыытыллар научнай – практическай «Инникигэ хардыы»
конференцияларга үөрэнээччилэри, төрөппүттэри кытыннарар үлэҕэ кыттыы о.д.а.
Быһаарыы сурук
ЮНЕСКО саайтыгар
суруллубутунан, билиҥҥи Арассыыйаҕа 136 тыл кутталлаах туруктаах. Онтон 2О тыл
хайыы үйэ өлбүтүнэн ааҕыллар. ЮНЕСКО тыллар бүгүҥҥү туруктарын 9 киритиэрий
көмөтүнэн быһаарар. Ол иһигэр төһө киһи бу тылынан саҥарара, төрөппүттэр ол
тылынан кэпсэтэллэрэ, бу тылынан үөрэх матырыйаала төһө баара, уопсастыба
бэйэтин төрөөбүт тылыгар сыһыана. Ол кэннэ бу тыллары 6 бөлөҕүнэн наардыыллар.
«сүтэр куттала суох», «балаһыанньа дьиксиниини үөскэтэр», «тыл сүтэр
кутталлаах», «тыл олус улахан кутталга сылдьар», «тыл бэрт сотору эстэр
кутталлаах», «тыл өлбүт».
Арассыыйа норуоттарын
тылын каартатын көрөр буоллахха, 20 тыл хайыы үйэ өлбүтүнэн ааҕыллаллар.
(айналар, соҕурууҥҥу юкагирдар, югтар, убыктар тыллара), 22 тыл - «бэрт сотору өлөр кутталлаах»
(алеуттар, йоканьга-саамнар, ительменнэр), 29 – тыл киирбит (нивхэлэр, эбэҥкилэр,
чукчалар, карелларо.д.а), «Сүтэр кутталлаахтарга» 49 тыл киирэр (калмык, бүрээт, удмурт, идиш
тыллара), «Дьиксиниини үөскэтээччилэргэ»
20 тылы киллэрбиттэр – белорус, чечен, тыва, саха о.д.а тылларын. Мантан саха
тылын бу бөлөххө киллэрбиттэриттэн көрдөххө, тылбыт син арыый туруктаах эбит
диэн санааҕа кэлэбит.
Өр сылларга кэтээн көрдөххө, сахалыы дьоһуннук толкуйдуур,
саҥарар-иҥэрэр, элбэхтик сахалыы уус-уран айымньыны ааҕар, хаһыат суруйтарар ыалга иитиллибит оҕо үтүө майгылаах, сиэрдээх
киһи буола улаатар эбит. Төрөөбут
тылынан көҥүллүк саҥара үөрэммит оҕо атын омук тылын түргэнник ылынар,
үүнүүгэ-сайдыыга быдан тардыһыылаах буолар. Оттон сахалыы тылы билбэт саха
оҕолорун, тэҥнээн көрдөххө, куннээҕиннэн толкуйдаах, уһуну-киэни ырыта барбат,
быһымах майгылаах буолаллар диэн психологтар быһаараллар Онон оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбут
тылынан иитиллэр эйгэтин кэҥэтиэхтээх эбиппит. Киhи
омук үйэлэргэ мунньуммут сиэрэ, олоххо уопсастыбаҕа үөрүйэҕэ ийэ тылын
дорҕоонунан, ийэ тылын баайынан бэриллэр. Киһилии киһи буолуу омугун тыынын
иҥэриммит ийэ тыл чөлүттэн улахан тутулуктаах, ийэ – аҕа тылын иитэр күүһэ
сайыннарар кыаҕын кытта ыкса сибээстээх
Дьиэ кэргэҥҥэ остуол тула түмсэн олорон сэһэргэһии
билиҥҥи кэмҥэ олус аҕыйаан турар, дьиҥэ ити түмсүүлээх буолууну иитии
биир көрүҥэ буолар. Оннук иэйиини уһугуннарар
аналлаах тэрээһиммитинэн бырайыакпытын саҕалыыбыт.
Бастакытынан,
бырайыакпытын «Поэт, мелодист, чинчийээччи – Д.Т.Михайлов -
Балаҕаччыыныскай» диэн биир дойдулаахпыт төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах дьиэ кэргэнинэн хаһыат оҥороллоругар күөн күрэс биллэрэбит.
Бу хаhыат ис хоһоонугар дьиэ кэргэн
Дмитрий Михайлов олоҕун, айар үлэтин
туһунан киэҥник арыйарыгар анаан тиэмэлэри бэлэмнээн, хаартыскаларынан толору
хааччыйыы тэрийээччилэртэн, кылаас салайааччыларыттан тутулуктааҕын санатабыт.
Хаһыат оҥоруон сөптөөх дьиэ кэргэн иккиттэн элбэх оҕолоох буолуохтаах. Хаһыат аныгылыы «лэпбук» көрүҥүнэн оҥоһуллар. Хаһыат хайдах оҥоһулларын, хайдах быһыылаах
буоларын оскуола библиотекатыттан ыйыталаһаҕыт, матырыйааллары ылаҕыт.
Манна сүрүн ирдэбилэ:
Бастакытынан, Хас биирдии төрөппүт оҕолорун кытта
сэһэргэһэн, ырытыһан бииргэ оҥорор ирдэбили туруоруу.
Иккиһинэн, 1998 cылтан «Мастаах саһарҕата» ырыа күрэҕин сылынан гран при буолбут ырыаһытын туһунан хаһыакка
суруйар чинчийэр үлэ туһунан сорудаҕы тиэрдии.
Үсүһүнэн, Д.Т.Михайлов биир хаартыскатын ис хоһоонун арыйан олоҕун кэпсээнин сиһилии
билэн сырдатыы.
Төрдүһүнэн, Дмитрий Михайлов айан хаалларбыт үлэтиттэн биир айымньыны ырытыы.
Хаһыат быйылгы 2017-2018сс үөрэх дьылыгар Балаҕаччыыныскайга
аналлаах тэрээһиннэргэ көрдөрүүгэ туһаныллара буоллар диэн баҕа
санаалаахпыт.Сүрүн үлэни кылаас салайааччыта толорорунан маннык дьиэ кэргэни
кытта кыттыһан үлэлииригэр сыһыардыбыт:
1 кылаас – Сардана Семеновна (Воронкина Я.В Рома,
Инесса)
2 кылаас – Иванова В.А – (Борисова Л.С, Жанна,
Родик )
3 кылаас – Васильева М.Н – (Алексеева О.И. Ангелина, Миша)
4 кылаас – Алексеева А.Н – (Спиридонова Е. Женя.
Юля)
5 кылаас – Григорьева Н.И –(Захарова Е.В.
Виолетта, Юля)
Тимофеева Л.В. (Родион, Реворий)
6 кылаас – Васильева Е.Д – (Яковлева И.Д,
Кристина, Кирилл)
7 кылаас – Гоголева Н.А – (Алексеева Н.А Алена, Антон)
(Ильинова Е.Н, Сайына, Витя)
8 кылаас – Иванова А.М – (Иванова Л.В, Ванесса,
Инесса, Оля, Наташа)
9 кылаас – Кононова Л.М – (Филиппова В.В, Айсен,
Алина, Вадим)
10 кылаас – Шадрина А.Н – (Иванова М.А, Зина,
Коля)
11 кылаас – Еремеева Л.А. – (Николаев Н.А, Маша,
Коля ),(Еремеев Ф.В, Стас. Валера)
Бу
тэрээһин хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ биир
дойдулаахпыт Дмитрий Тимофеевич Михайлов талаанынан киэн туттуута, оҕолоругар үтүөҕэ – кэрэҕэ
талаһыы иэйиитин уһугуннарыыта, бииргэ тумсүүтэ
аҥардас үөрүүнү-дуоһуйууну эрэ аҕалыа диэн былаанныыбыт.
Бырайыакпыт иккис улахан тэрээһининэн
2018 сыл – үөрэхтээһин сыла.
Бу сыл «Учууталга махтал!»
хаһыаты оскуолабыт дьиэ кэргэнэ оҥорон Учуутал күнүгэр «Чэчир» нэһилиэк сынньалаҥ киинигэр
истиэнэни биир гына тэниччи ыйаан учууталга сүгүрүйүү, учууталга махтаныы сүрүн
туоһута буолан бар дьон билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарарга былаанныыбыт. Манна
дьиэ кэргэн үөрэммит учууталларын тустарынан истиҥ-иһирэх ахтыылара, махтал
тыллара хомоҕой хоһоон, кэрэхсэбиллээх кэпсээн буолан суруллуохтара. Бу хаһыаты
оҥороору дьиэ кэргэн бииргэ түмсэн учууталларын туһунан ахтыыта, оҕолорунуун
бииргэ үлэлээһиннэрэ биир умнуллубат бэлиэ түгэн буолан оҕолор сүрэхтэригэр иҥиэҕэ
диэн толкуйтан таһаардыбыт. Хаһыат бу 2018 сыл алтынньы ыйыгар тахсыахтаах.
- Алтан чуораан аргыстаах
Учууталга аналлаах хаһыат сүрүн ирдэбилэ:
- 1. «Биһиги
кинилэри өйдүүбүт,саныыбыт…» - 2-с, 3-с көлүөнэ ахтыыта.(ийэ, аҕа, эбэ,
эһэ)
- 2.Мастаах орто
оскуолатыгар үлэлээбит буойун учууталлары сырдатыы.
- 3. Элбэҕи
санаппыт эргэ хаартыска.
- 4.Айар
үлэ.(хоһоон, ырыа, кэпсээн)
- 5. Оскуола
үбүлүөйдээх кинигэлэригэр киирбэтэх ахтыылары хомуйуу.
Бырайыакпыт үһүс улахан тэрээһининэн норуот суруйааччытыгар сүгүрүйүү буолуоҕа.
Бу сылга бэлиэ саастара бэлиэтэнэр норуот
тапталлаах суруйааччылара элбэхтэр.
Ол курдук 2018 сылга – саха норуотун тапталлаах
суруйааччыта, саха норуотун норуот быһыытынан Россияҕа тиийэ аатырдыбыт,
биллибит Н.А.Лугинов «Чыҥыс Хаан
ыйааҕа», «Улууу хууннар», элбэх
ахсааннаах оскуола программатыгар киирбит , оҕону өй-санаа өттүнэн иитэр-үөрэтэр кэпсээннэрдээх суруйааччы 70 сааһын туолар.
Норуот тапталлаах суруйааччыта
Н.Г.Золотарев-Якутскай төрөөбүтэ 110 сылын туолар.
Биир дойдулаахпыт И.Д.Петров – Мастаах Уола
төрөөбүтэ – 95 сыла.
Тэрээһин сүрүн сыала: Үбүлүөйдээх
суруйааччылар айымньыларын,
олохторун, айар үлэлэрин, өйдөрүн-санааларын оҕолорго иҥэриигэ дьиэ кэргэни
кытыннарыы.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылын этигэр-хааныгар,
өйүгэр-санаатыгар, кутугар-сүрүгэр иҥэриннэҕинэ, тыл үйэлэргэ тыыннаах буолар
кыахтаах. Дириҥ өй-санаа, ыллыктаах толкуй, истиҥ иэйии бу тылынан этиллэн,
толкуйданан, айыллан тахсар эрэ буоллаҕына, тыл салгыы сайдар кыахтанар.
Оҕо сайдарыгар төрөөбүт
дойдутун сүдү дьоннорунан киэн тутта, кинилэр олохторун, үлэлэрин холобуругар уhуйулла үөрэнэрэ улахан суолталаах. Маннык үлэни аҥаардас детсад, оскуола
эрэ ыытара тутах, оҕоҕо тулалыыр эйгэтэ, чуолаан дьиэ кэргэн бу үлэҕэ кыттыһара, иилиирэ-саҕалыыра ордук тиийимтиэ буолуон сөп. Маннык санаанан салайтаран, киэн
туттар биир дойдулаахтарбыт, саха сээркээн сэһэнньиттэрэ айан хаалларбыт айымньыларын үөрэтэрбитигэр,
чинчийэрбитигэр дьиэ кэргэни кытта тэҥҥэ үлэлиир араас ньымалары толкуйдаан
үлэлэһэр сорук туоларын туһугар:
v Бастатан туран, үгэс буолбут кылаас чаастарын
хайаан да төрөппүт кыттыылаах, кинилэр тэрийсиилэринэн ыытарга кыһаныы.
v Иккиһинэн,
библиотечнай уруоктары урут оҕолорго эрэ анаан ыытар буоллахпытына, быйыл
кылаастарынан арааран төрөппүттэргэ анаан библиотечнай уруоктар буолуохтара.
Онно суруйааччы олоҕор, айар үлэтигэр аналлаах быыстапкалары тэрийии.
Быыстапкаҕа баар кинигэлэри анаан сырдатыы .
v Үсүһүнэн, ааҕааччылар
конференциялара оҕолорго уонна төрөппүттэргэ бииргэ тэрийэн «ток-шоу» көрүҥүнэн
ыытыыны былааннааһын. Манна үөрэнээччи айымньылар тустарынан төрөппүттэр
санааларын истиитэ, бэйэтин санаатын толлубакка, улахан дьон ортотугар этэ
үөрэнэрэ сайдарыгар биир олук буолуоҕа.
v Төрдүһүнэн, кылаас чаастарын иһинэн литературнай
оонньуулары ыытыы, төрөппүт оҕотун кытта биир хамаанда буолан кыттыыта.
v Бэсиһинэн,
НПК-ҕа төрөппүттэр оҕолоро дакылаат суруйалларыгар көмөлөһөн, сорохтор
салайааччы быһыытынан суруйтаран, ааҕыыларга кэлэн жюри буолан үлэлииллэрин
ситиһии.
v Алтыґынан, «Оонньуу түһүлгэтэ» сахалыы остуол
оонньууларыгар төрөппүт оҕотун кытта биир хамаанда буолан күрэхтэһиилэрин
тэрийии.
v Сэттиһинэн, «Мин дьиэ кэргэним уонна саха
суруйааччыта» диэн ааттаах дьиэ кэргэн хаһыатын оҥорууга конкурс тэрийии.
Онно маннык ирдэбиллэри киллэрэбит:
•
Суруйааччы ханнык айымньыларын аахтыгыт,
сэргээтигит, туохха үөрэннигит?
•
Үбүлүөйдээх суруйааччылар тустарынан ахтыылар.
•
Айымньыларынан ребустары, литературнай
викториналары, кроссвордары толкуйдаан оҥоруу..
•
Анабыл хоһоон.
Барыта
иккиттэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн
хаһыаты оҥоруохтаах. 1-кы кылаастан саҕалаан
үөрэнэр оҕолоох ыал барыта
оҥорон аҕаларын ситиһии.
Маннык
үлэлэри тэрийэн тугу ситиһиэхпитин сөбүй?:
•
Дьиэ кэргэн барыта ким тугу сатыырынан бу
үлэҕэ кыттыытын.
•
Суруйааччы олоҕун, айар үлэтин,
айымньыларын дьиэ кэргэн чилиэннэрэ көрдөөн булан ааҕалларын, чинчийэллэрин,
саатар,арыйталаан көрөллөрүн ситиһии.
•
Оҕо төрөппүттэрин кытта тэҥҥэ
үлэлиир, күрэхтэһэр эйгэтэ кэҥиирин.
•
Биир дойдулаах ытык
дьоммутунан киэн туттуу иэйиитэ дьиэ кэргэн өйүгэр-санаатыгар уһуктуутун,
үөрэнээччи кыра сааһыттан билэ-көрө улаатыытын.
•
Уһулуччу бастаабыт дьиэ
кэргэни наҕараадалааһын.
Бырайыак үлэтин түмүгэр күүтэр түмүктэрбит:
Оҕо ылбыт билиитин күннээҕи олоҕор тутта үөрэнэрин ситиһэргэ дьулуһабыт.
Маныаха оҕо иитиллэр-үөрэнэр эйгэтин олохсутааччылар, сүрүннээн дьиэ кэргэн
уонна оскуола биир ситимҥэ киирэн тиһиктээх үлэни ыыталлар. Оҕо төрөөбүт тылынан сайдар эйгэтэ кэҥиир,
дириҥиир. Төрөппүт оҕотун кытта бииргэ үлэлиир түгэнэ үксүүр. Дьиэ кэргэн бииргэ
айар,толкуйдуур сорудахтары оҥороругар элбэҕи ааҕар, оҕолорунуун тэҥҥэ үлэлиир
буоллаҕына, түмсүүлээх, эйэлээх буолар. Балаҕаччы нэһилиэгин олохтоохторо үүнэр
көлүөнэ ыччаты иитиигэ түмсүүлээх, Икки Герой олорбут, улэлээбит Балаҕаччы
нэһилиэгэ кэлэр кэскилэ бэйэтин нэһилиэгинэн киэн туттар санааҕа иитиллэр.
Бу бырайыагынан оскуола
уонна төрөппүт көмөлөөн, Герой А.А.Миронов аатынан Мастаах орто оскуолатын
иитиллэр-үөрэнэр ыччата ийэ тылын баайынан, кэрэтинэн киэн туттар, айар талааннаах
дьон олохторун, айымньыларын билэр,
төрөөбүт тыла сайдарын туһугар туруулаһар ыччаты уһуйан таһаарыахпытын
сөп эбит.
Бырайыак үлэтин түмүгэр күүтэр түмүктэрбит:
•
Оҕо
ылбыт билиитин күннээҕи олоҕор тутта үөрэнэрин ситиһэргэ дьулуһар;
•
Маныаха
оҕо иитиллэр-үөрэнэр эйгэтин олохсутааччылар, сүрүннээн дьиэ кэргэн уонна
оскуола биир ситимҥэ киирэн тиһиктээх үлэни ыыталлар;
•
Төрөппүт
оҕотун кытта бииргэ үлэлиир түгэнэ үксүүр;тылга, литератураҕа, нэһилиэк
историятыгар билиитэ дириҥиир ;
•
Дьиэ
кэргэн бииргэ айар,толкуйдуур сорудахтары оҥороругар элбэҕи ааҕар, оҕолорунуун
тэҥҥэ үлэлиир, эйэлээх буолар;
•
Оҕо төрөөбүт тылынан сайдар эйгэтэ кэҥиир.
•
Билиҥҥи
көлүөнэ ыччат икки Герой олорбут, үлэлээбит ытык сиринэн, бэйэтин нэһилиэгинэн,
киэн туттар санааҕа иитиллэр.
Наьаа учугэй, Любовь Сергеевна!
ОтветитьУдалитьСпасиибо!
ОтветитьУдалитьЛюбовь Сергеевна тэтимцин ыhыктыбакка ессе да айымньылаахтык улэлээ, ситиhиилэри!
ОтветитьУдалитьЛюба наһаа үчүгэй!
ОтветитьУдалить